Биһиги өрөспүүбүлүлкэбит 100 сыллаах үбүлүөйүгэр, хас биирдии улуус, нэһилиэк дьоно-сэргэтэ дойдубут сайдыытыгар туох кылааты киллэрдибит, туох үлэни-хамнаһы кыайдыбыт? диэн эргиллэн, анаарар кэмэ диэн өйдөбүллээхпин.
Биһиги, Горнай улууһун дьоно-сэргэтэ сүүс сыл анараа өттүгэр сорох нэһилиэктэрэ Арҕаа Хаҥалас, сорох нэһилиэктэрэ Нам улууһугар киирдэллэр да буоллар, өрөспүүбүлүкэ атаҕар туруутугар бэйэлэрин сүҥкэн кылааттарын толору киллэрсибит, Саха сирин автономиятын, киэҥ боломуочуйалаах буоларын турууласпыт, үлэлэспит дьоннордоох.
Кинилэр өрөспүүбүлүкэ сайдыытыгар сүҥкэн кылааттаахтар. Бу кэмҥэ, мин ахтан аһарыахпын баҕарабын, биһиги улууспутугар штабтанан олорбут конфедералистар партияларын, бу партия оҥорбут барыллара, ол кэмнээҕи өйдөрө-санаалара өрөспүүбүлүкэ хайдах сайдыахтааҕын, конституцията хайдах буолуохтааҕын сурукка хаалларбыт санаалара кэлиҥҥи кэмҥэ өрөспүүбүлүкэбит Арассыыйа Федерациятын сайдарыгар, суверенитеты өрөспүүбүлүкэ статуһун үрдэтэригэр улахан төһүү-күүс буолбуттара диэн бэлиэтиэхпин баҕарабын.
Биһиги улууспутуттан төрүттээх киэҥ туттар биир дойдулаахтарбыт – Семен, Софрон Петрович Даниловтар саҥа өрөспүүбүлүкэ бэйэтин суолун тобуларыгар саха бастакы конгреһыгар Софрон Петрович Данилов сүрүн дакылааты ааҕан турардаах. “Барҕарыы суолунан” диэн дакылаата саха норуота балысханнаах, сайдыылаах кэмҥэ аан дойду уларыйа турар, улахан норуоттар бэйэлэрин икки-ардыларыгар күөн-көрсөр кэмнэригэр хайдах суолу тобулан үлэлиэхпитин-хамсыахпытын, бэйэбит төрүт тылбытын, үгэспитин, норуот быһыытынан уратыбытын тутан хаалыахтаахпытын этэн турардаах. Онно этиллибит сүрүн хайысхалары Михаил Ефимович бэйэтин үлэтигэр сөптөөхтүк туһанан өрөспүүбүлүкэбит балысханнык сайдан иһэр диэн өйдөбүллээхпин.
Биһиги киэн туттар биир дойдулаахтарбыт – Афанасий Николаевич Осипов, Савва Иванович Тарасов Саха Өрөспүүбүлүкэтин официальнай знактарыгар, символикатыгар улахан кылааттаах дьон буолаллар. А.Осипов өрөпүүбүлүкэ гиэрбэтин, С.Тарасов гимнин ааптардара. Мин маны тэҥэ ааттыахпын баҕарабын Макар Макарович Яковлевы, сахалартан бастыҥ юрист, ол кэмнээҕэ следователь уонна Прокопий Дмитриевич Осипов – сахалартан энергетика хайысхатыгар бастакы салайааччы, Бүлүүтээҕи ГЭС дириэктэринэн “Якутскэнерго” кэтиир сэбиэтин салайааччытынан үлэлээбит киэн туттар биир дойдулаахтарбыт. Кинилэр ССРС Үрдүкү сэбиэтин бүтэһик ыҥырыылаах мунньаҕын дьокутааттарын быһыытынан үлэлээн уонна кэлиҥҥи кэмҥэ Саха Өрөспүүбүлүкэтэ союзнай статуһун уонна суверинитетын ылынарыгар улахан өҥөлөөх дьон буолаллар. Ону тэҥэ Василий Васильевич Филиппов – Ил Түмэн спикерын быһыытынан, Саха судаарыстыбыннай университетын ректорынан үлэлии сылдьан университет федеральнай таһымнаах үрдүк үөрэх кыһата буоларыгар күүскэ үлэлэспитэ. Николай Иванов Андреев – Бүлүү федеральнай суолун салайааччыта, Дьокуускай куораты Бүлүү бөлөх улуустарын кытта уонна илин эҥэр “Халыма” федеральнай суолун устун сытар оройуоннары кытта ситимниир улахан үлэни үлэлэһэ сылдьар дьоннорбутунан киэн туттабыт.
Өрөспүүбүлүкэ сүүс сылын көрсө биһиги улууспутугар сүүрбэ биирис Манчаары оонньуулара ыытылыннылар, бу тэрээһин улууспут балысханнык сайдарыгар улахан төһүү күүс буолла. “Сайдыылаах улуус – кыахтаах өрөспүүбүлүкэ” диэн бигэ өйдөбүллээхпин. Онон хас биирдии улуус төһөнөн күүскэ сайдар, кыаҕырар да, оччонон өрөспүүбүлүкэбит инники күөҥҥэ тахсан иһэр. Өрөспүүбүлүкэ сүүс социальнай суолталаах эбийиэктэрин ахсааннарыгар 550 миэстэлээх Бэрдьигэстээх Сэмэн Данилов аатынан орто оскуолата тутуллан киирбитэ. Бу эбийиэк өрөспүүбүлүкэҕэ биир бастыкыннан муниципальнай-чааһынай бииршэ үлэлэһии (МЧП) быһыытынантутуллар. Билигин төһө даҕаны арҕааҥы дойдулар санкциялары биллэрэн, экэниэмикэбит эйгэтэ бүдүрүйдэр, эбийиэк кэмэгэр үлэҕэ киириэ диэн эрэллээхпит.
Маны сэргэ, элбэх оҕолоох ыалларга быйыл “Саха АССР сүүс сыла” диэн саҥа түөлбэҕэ сир учаастактара тыырылыннылар. Тутуу министиэристибэтин көмөтүнэн куонкуруһу кыайаммыт саҥа түөлбэ инженернэй хааччыллыытыгар үлэ саҕаланар.
Улууспут сайдар кыаҕа киэҥ. Тыа хаһаайыстыбата балысханнык сайдарыгар суол аһаҕас. Ыаллыы Дьокуускайы бэйэ бородууксуйатынан хааччыйарга кыах баар. Улууспутугар сир баайдаах саппааспыт элбэх. Ону ситэри үөрэтэн, бырамыысалыннаһы сайыннарыах тустаахпыт.
Аны биир үйэнэн Бэрдьигэстээх куоракка кубулуйуоҕа. Сайдыы бары суола биһигини тумнубакка, дьон сөбүлээн олохсуйар. Ыалдьыттыыр сиринэн буолуоҕа.
Сүүс сыллаах үбүлүөйү көрсө, хас биирдиибит түмүк оҥостон, салгыы сайдар суолбутун тобулуохтаахпыт. Киһи бэйэтин иннигэр сөптөөх сыалы туруоруннаҕына, ону ситиһэргэ олох устун чэпчэкитик, эрэллээхтик хардыылыыр. Тапталлаах Сахабыт сирин сайдыытын түмсүүлээх, биир сомоҕо эрэ буоллахпытынан ситиһиэхпит. Маныаха күүстээх салайааччыбыт – Ил Дархаммыт тула бары түмсүөҕүҥ диэн ыҥырабын.
Пресс-центр 100-летия ЯАССР